Решение по уголовному делу

    Дьыала № 1-20/12- 2014                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                                
 

УУРААХ
 

(холуобунай дьыаланы ууратыы туьунан)                 
 

 

    2014 сыл от ыйын 14 кунэ                                                                       Бэрдьигэстээх сэл.  
 

 

         Саха Эрэспуубулукэтин Горнай оройуонун 12 №-дээх суут учаастагын мировой судьуйата Никитин Н.В., судаарыстыба буруйдааччыта - Саха Эрэспуубулукэтин Горнай оройуонун прокурорун кэмэлэьээччутэ Федоров А.Г., сууттанааччы Стручков И.А., 384 №-дээх дастабырыанньаны уонна 2014 сыл муус устар 28 к. 71 №-дээх ордеры киллэрбит кэмускээччи Максимов С.С. кыттыылаах, Филиппов Д.С. суруксуттаах,
 

        Стручков И.А., <ОБЕЗЛИЧЕНО>, АФ ХК 112 ыст. 1 ч.  кэруллубут холуобунай буруйу оцорууга буруйданарын туьунан холуобунай дьыала матырыйаалларын суут дьуул мунньа5ар кэрэн баран,
 

 

БУЛЛА:
 

 

         Суут дьуул мунньа5ар холуобунай дьыаланы ураты утумунан кэруу кэмигэр кэмускээччи сууттанааччы буруйун билинэр, кэмсинэр, ХК 76 ыстатыйатынан тэруэттэр бааллар,  эмсэ5элэнээччилиин эйэлэспиттэр, онон дьыаланы эйэлэьииннэн ууратарга  кэрдэьэбун диэтэ. Суут дьуул мунньа5ар эмсэ5элэнээччи Н. сууттанааччылыын эйэлэспиттэринэн, киниэхэ оцоьуллубут буортуну сымнаппытынан сибээстээн холуобунай дьыаланы ууратар туьунан эмиэ кэрдэьуу киллэрдэ. Сууттанааччы Стручков И.А. оцорбут буруйун билиннэ. Сууттанааччыга холуобунай дьыаланы АФ ХПК 27 ыст. 2 ч. быьыытынан бу дьицнээх Кодекс 25 ыст. ыйыллыбыт дьыаланы ууратар тэруттэр уонна кини холуобунай сойуолааьыны ууратары утарар бырааба быьаарыллыбыттарын кэннэ, кини холуобунай дьыаланы сууттанааччы эмсэ5элэнээччилиин эйэлэспитинэн ууратары утарбатын эттэ. Судаарыстыба буруйдааччыта ХПК 25 ыстатыйатынан кэруллубут тэруэттэр бааллар, онон холуобунай дьыала эйэлэьииннэн ууратыллыан сэп диэн тумуктээтэ.
 

        АФ ХПК 119 ыст. 1 ч. быьыытынан кэрдэьуу киллэрбит эрут эбэтэр бэрэстэбиитэллэнэр эрут бырааптарын уонна сокуонунан олохтоммут кэрэхсэбиллэрин хааччыйарга, холуобунай дьыала5а суолталаах тэруттэри олохтуурга процесс дьайыыларын эбэтэр процесс быьаарыытын ылынар туьунан кэрдэьууну уорбаланааччы, буруйданааччы, кини кэмускээччитэ, эмсэ5элэнээччи, кини бэрэстэбиитэлэ уонна бэрэстэбиитэл, чааьынай буруйдааччы, эксперт, ону тэцэ гражданскай ирдэьээччи, гражданскай хоруйдааччы, кинилэр бэрэстэбиитэллэрэ киллэрэр бырааптаахтар, бу дьицнээх ыстатыйа 2 ч. быьыытынан кэрдэьуу дознавательга, следовательга эбэтэр суукка туьэриллэр.
 

        АФ ХПК 120 ыст. 1 ч. быьыытынан кэрдэьуу холуобунай дьыаланы ыытыы ханнык ба5арар тугэнигэр этиллиэн сэп.   
 

        АФ ХПК 121 ыст. быьыытынан, кэрдэьуу этиллибитин кэннэ сонно тута кэруллуэхтээх уонна быьаарыллыахтаах.  
 

        АФ ХК 112 ыст. 1 ч.  кэруллэр холуобунай буруй, АФ ХК 15 ыст. быьыытынан, ыарахана суох буруйу оцорууннан билиниллэр.
 

        АФ ХПК 25 ыст. быьыытынан, суут, ону тэцэ силиэстийэ уорганын салайааччытын сэбулэьиитинэн следователь эбэтэр прокурор сэбулэьиитинэн дознаватель  эмсэ5элэнээччи эбэтэр кини сокуоннай бэрэстэбиитэлин кэрдэьуутугэр оло5уран, АФ ХК 76 ыст. Кэруллубут тубэлтэлэргэ, ыарахана суох эбэтэр орто ыар буруйу оцорууга уорбаланар эбэтэр буруйданар киьигэ сыьыаннаах холуобунай дьыаланы ууратар бырааптаахтар, эскэтун бу киьи эмсэ5элэнээччилиин эйэлэстэ5инэ уонна киниэхэ оцоьуллубут буортуну сымнатта5ына.
 

        АФ ХК 76 ыст. быьыытынан, эскэтун ыарахана суох эбэтэр орто ыар буруйу аан бастаан оцорбут киьи эмсэ5элэнээччини кытта эйэлэстэ5инэ уонна эмсэ5элэнээччигэ оцоьуллубут буортуну сымнатта5ына, холуобунай эппиэтинэстэн босхолонуон сэп.
 

          АФ ХПК 254 ыст. быьыытынан, суут холуобунай дьыаланы суут дьуул мунньа5ар ууратар:
 

    3) бу дьицнээх Кодекс 25 уонна 28 ыст. керуллубут тубэлтэлэргэ.
 

        Бу тубэлтэ5э, суут, кэмускээччи, эмсэ5элэнээччи кэрдэьуулэрин, сууттанааччы быьаарыытын уонна судаарыстыба буруйдааччытын тумугун  истэн баран, сууттанааччы оцорбут буруйун билинэрин, эмсэ5элэнээччилиин эйэлэспитин, оло5у уонна доруобуйаны утары ыарахана суох буруйу оцорбутун, урукку эттугэр сууттаммата5ын аахсан,  холуобунай дьыаланы эйэлэьииннэн ууратары сэптээ5унэн аа5ар.
 

        Бу этиллибиттэргэ оло5уран уонна АФ ХПК 254 ыстатыйатынан салайтаран,  
 

 

УУРДА:
 

 

    1. Стручков И.А. АФ ХК 112 ыст. 1 ч. кэруллубут холуобунай буруйу оцорууга буруйданарын туьунан холуобунай дьыаланы, АФ ХПК 25 ыст. быьыытынан, сал5ыы ыытары ууратарга.  
 

    2. Стручков И.А. хааччахтыыр миэрэтин - ханна да барбат буолуу уонна сэптээх быьыылаахтык сылдьар туьунан хааччахтыыр миэрэ - уураах кууьугэр киирдэ5инэ кэтурэргэ.
 

    3. Дьыала5а баар мал-сал дакаастабыллара: <ОБЕЗЛИЧЕНО> холуобунай дьыала5а хаалларарга.
 

    4. Бу дьицнээх уураах куоппуйатын сууттанааччы Стручков И.А.-ка, кэмускээччи Максимов С.С.-ка, эмсэ5элэнээччи Н., Горнай оройуонун прокуроругар ыытарга.
 

         Бу дьицнээх уураах таьаарыллыбытын кэннэ 10 хонук иьинэн Саха Эрэспуубулукэтин Нам оройуоннаа5ы суутугар ааьыныллыан сэп.
 

          Сууттаммыт киьи кэрэхсэбиллэрин таарыйар апелляция уцсуулэрин эбэтэр туьэриилэрин куоппуйаларын ылан баран, кини уон хонук иьинэн апелляция инстанциятын суутугар холуобунай дьыаланы  кэруугэ кыттарын туьунан кэрдэьуу киллэрэр бырааптаах. Апелляция уцсуутун киллэрэр тубэлтэтигэр сууттаммыт киьи апелляция инстанциятын суутугар холуобунай дьыаланы  кэруугэ кыттарын туьунан кэрдэьуу киллэрэр, суут дьуул мунньа5ын боротокуолун кытта билэр бырааптаах.  Суут быьаарыытын сууттаммыт киьи, быыьаныллыбыт киьи, кинилэр кэмускээччилэрэ уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ, судаарыстыба буруйдааччыта уонна (эбэтэр) уэьээцци прокурор,  эмсэ5элэнээччи, чааьынай буруйдааччы, кинилэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ уонна бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэьэ ааьыныллар суут быьаарыыта кинилэр бырааптарын уонна сокуоннай кэрэхсэбиллэрин таарыйар эттугэр атын да эруттэр ааьынар бырааптаахтар. Суут быьаарыытын гражданскай ирдэбил эттугэр гражданскай ирдэьээччи, гражданскай хоруйдааччы эбэтэр кинилэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ уонна бэрэстэбиитэллэрэ ааьынар бырааптаахтар.
 

 

    Саха Эрэспуубулукэтин
 

    Горнай оройуонун 12 №-дээх суут учаастагын
 

    мировой судьуйата                                                                 Никитин Н.В.
 

 

    Уураах 2014 сыл от ыйын 24 кунугэр кууьугэр киирдэ.